dcsimg

Хара көҕөн ( Sakha )

provided by wikipedia emerging languages
 src=
Хара көҕөн
 src=
Anas platyrhynchos

Хара көҕөн (лат. Anas poecilorhyncha Forst., нууч. черная кряква) — бөдөҥ кус. Атыыра көннөрү көҕөн тыһытын майгынныыр, сааскы өҥө суох. Төбөтө кыһыллыҥы-хоҥор, үөһээ өттө арыый хараҥа. Көхсө хараҥа хоҥор, түөһэ өрөҕөтүгэр харааран түһэр, өрөҕөтө хараҥа хоҥор, эмэһэтэ хара-хоҥор. Тумса хара, тумсун төбөтө араҕас. Атаҕа саһархай кыһыл (оранжевай). Тыһыта атыырын курдук өҥнөөх.

Саха сиригэр соҕуруу өттүгэр көстөр. Өлүөхүмэ Кыыллааҕын олохтоохторо былыргаттан билэр көтөрдөрө, кинилэр «быры көҕөнө» диэн ааттыыллар эбит. Саха сириттэн чугас уйаланар сирдэрэ — Приморскай кыраай соҕууруута, Сахалин арыы соҕуруу өттө, Даурия.

Өссө маны көр

Туһаныллыбыт сирдэр

  • Справочник-определитель уток РС(Я), А. Г. Ларионов, Г. П. Ларионов, Дьокуускай, ЯФ из-ва СО РАН, 2001
license
cc-by-sa-3.0
copyright
Wikipedia authors and editors

Хара көҕөн: Brief Summary ( Sakha )

provided by wikipedia emerging languages
 src= Хара көҕөн  src= Anas platyrhynchos